Уважаемые якутяне!
От имени руководства Республики Саха (Якутия) и от себя лично искренне поздравляю вас с государственным праздником – Днём народного единства!
Этот день – 4 ноября – вошел в героическую летопись нашего государства как символ всепобеждающей духовной силы, символ единения народа во имя независимости Родины. В 1612 году народное ополчение под руководством Кузьмы Минина и Дмитрия Пожарского освободило Москву от польско-литовских интервентов. Преданность Отечеству всегда помогала и помогает нашему многонациональному народу выстоять в борьбе во имя будущего страны.
И сегодня мы, россияне, чтим традиции, сплотившись, противостоим тем силам, которые навязывают чуждые нам порядки и ценности. Мы гордимся нашими бойцами, которые отстаивают интересы государства, восстанавливают историческую справедливость. Якутяне вносят свой достойный вклад в общее дело победы. Наши земляки проявляют героизм и отвагу на полях сражений, как и их деды, и прадеды. Им помогает вся республика – правительство, предприятия и организации республики, малый бизнес, национальные общины, население. С первых дней СВО мы поддерживаем семьи военнослужащих, предоставляя меры региональной поддержки, которые постоянно дополняются.
Все регионы Российской Федерации вносят свой вклад в восстановление и интеграцию новых регионов нашей страны. Республика Саха (Якутия) помогает в восстановлении города Кировское Донецкой Народной Республики. И мы видим, как жизнь там становится лучше и комфортнее, а якутяне стали своими людьми для жителей Донбасса. Это и есть настоящее народное единство.
Несмотря на все испытания, наша страна становится только сильнее. И Якутия, как неотъемлемая часть державы, развивается и движется вперед.
Сегодня, 4 ноября, стартует грандиозная Международная выставка-форум «Россия» – демонстрация важнейших достижений страны в различных отраслях экономики, положительного опыта развития субъектов и содействия дальнейшему международному сотрудничеству. Вместе с другими регионами наша республика представит на выставке-форуме современные проекты креативной индустрии, уникальные разработки в сфере промышленности, строительства, медицины, сельского хозяйства. Многие из них стали возможны и состоялись благодаря федеральным программам, поддержке Президента страны Владимира Владимировича Путина.
Уверен, каждый из нас и дальше будет вносить свою лепту в достижение созидательных целей во имя процветания родной республики и страны. Вместе мы добьемся больших высот, процветания, и укрепим могущество нашего общего дома – Великой России.
Дорогие друзья! Желаю вам мира и добра, крепкого здоровья и неиссякаемой энергии, удачи и успехов во всех начинаниях, счастья и благополучия!
Глава Республики Саха (Якутия) А.С. Николаев
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев Норуот сомоҕолоһуутун күнүнэн эҕэрдэтэ
Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан судаарыстыбаннай бырааһынньыгынан – Норуот сомоҕолоһуутун күнүнэн эҕэрдэлиибин!
Сэтинньи 4 күнэ Ийэ дойду тутулуга суох буоларын туһугар норуот сомоҕолоһуутун, самныбат күүһүн туоһутун быһыытынан судаарыстыба албан ааттаах устуоруйатыгар киирбитэ. 1612 сыллаахха Кузьма Минин уонна Дмитрий Пожарскай салалталарынан норуоппут турунан, Москваны Польша-Литва халабырдьыттарыттан босхолообута. Дойду дьылҕатын быһаарар охсуһууга элбэх омуктаах норуоппут кыайыылаах тахсарыгар Аҕа дойдуга бэриниилээх буолуу мэлдьи дьоһун төһүү буолан кэллэ.
Бүгүн биһиги, Россия олохтоохторо, олохсуйбут үтүө үгэспитинэн эмиэ сомоҕолоһон, туораттан бэйэлэрин бэрээдэктэрин уонна сыаннастарын соҥнуур күүстэри утары турдубут. Судаарыстыба интэриэһин туруулаһар, устуоруйа кырдьыгын чөлүгэр түһэрэр буойуннарбытынан биһиги киэн туттабыт. Саха сирин олохтоохторо кыайыы дьыалатыгар дьоһун кылааттарын киллэрэллэр. Биһиги биир дойдулаахтарбыт эһэлэрин, хос эһэлэрин утумнаан кыргыһыы хонуутугар хорсун быһыыны көрдөрөллөр. Кинилэргэ бырабыыталыстыба, тэрилтэлэр, дьоҕус бизнес, омук общиналара, нэһилиэнньэ – өрөспүүбүлүкэбит барыта көмөлөһөр. Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэннэригэр өйөбүл дьаһаллара оҥоһуллар.
Россия Федерациятын бары эрэгийиэннэрэ дойдубут саҥа эрэгийиэннэрин чөлүгэр түһэриигэ тус кылааттарын киллэрэллэр. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэ Кировскай куоратын сөргүтүүгэ көмөлөһөр. Онно олох-дьаһах күннэтэ тупсан, дьон олороругар табыгастаах буолан иһэрин, оттон Саха сирин дьоно Донбасс олохтоохторугар бэйэ дьоно буолбуттарын бэлиэтии көрөбүт. Бу буолар норуот дьиҥнээх сомоҕолоһуута. Ханнык да тургутуулары аахсыбакка, биһиги дойдубут кыаҕыран-күүһүрэн иһэр. Саха сирэ дойду быстыбат сорҕотун быһыытынан сайдар, иннин диэки дьулурҕатык хардыылыыр.
Бүгүн, сэтинньи 4 күнүгэр, экэниэмикэ араас салааларыгар дойду дьоһун суолталаах ситиһиилэрин, субъектар сайдыыларыгар уонна норуоттар икки ардыларынааҕы үлэҕэ-хамнаска үтүө холобуру кэрэһилиир “Россия” норуоттар икки ардыларынааҕы далааһыннаах быыстапка-форум үлэтэ саҕаланар. Бу быыстапка-форумҥа атын эрэгийиэннэри кытта тэҥҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтэ креативнай индустрия аныгы бырайыактарын, бырамыысыланнас, тутуу, мэдиссиинэ, тыа хаһаайыстыбатын эйгэлэригэр ханна да суох айан таһаарыылары болҕомто киинигэр туруоруоҕа.
Олор үгүстэрэ федеральнай бырагыраамалар суоттарыгар, дойду Президенэ Владимир Владимирович Путин өйөбүлүнэн баар буоллулар.
Төрөөбүт өрөспүүбүлүкэбит уонна дойдубут чэчирии сайдалларын туһугар, айар-тутар сыалбытыгар хас биирдиибит салгыы тус кылаатын киллэрэригэр бигэ эрэллээхпин. Бары бииргэ саҥа үрдүк кирбиилэри ситиһиэхпит, уопсай дьиэбит – Улуу Россия модун кыаҕын бөҕөргөтүөхпүт.
Күндү доҕоттор! Эһиэхэ чэгиэн туругу, или, үтүөнү, уҕараабат эрчими, бары саҕалааһыннаргытыгар ситиһиилэри, дьолу уонна этэҥҥэ буолууну баҕарабын!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана А.С. Николаев