Уважаемые якутяне!
От имени руководства Республики Саха (Якутия) и от себя лично сердечно поздравляю вас с Днём Государственного флага Российской Федерации!
Государственный флаг – это один из символов нашей великой Родины, её богатой истории, многонациональной культуры и высоких достижений страны. Наш трёхцветный стяг является выражением единства и силы народов России, их стремления к свободе, независимости и процветанию. Много славных побед одержал российский народ под этим флагом.
Уже более 30 лет российский триколор торжественно реет над бескрайними просторами Российской Федерации. Постановлением Верховного Совета РСФСР от 22 августа 1991 года исторический флаг России был признан официальным Национальным флагом Российской Федерации. Он стал официальным символом новой России, объединяющим нас всех вокруг общих ценностей и идеалов. Этот праздничный день выступает очередным напоминанием о том, как важно сохранять, беречь и уважать наше культурное и историческое наследие.
Якутия уже на протяжении практически четырёх веков вносит достойный вклад в развитие Российского государства. Наша республика – форпост освоения и развития северо-востока России, крепкий экономический тыл, надёжная опора великой страны.
Сегодня под российскими знаменами якутяне принимают участие в специальной военной операции в Украине. Многие наши земляки по первому зову встали в ряды добровольцев, чтобы защитить наше Отечество, мир и справедливость. Искренне горжусь каждым, кто непосредственно находится в зоне боевых действий, теми, кто поддерживает и помогает нашим героям, их семьям, приближает наступление Победы под нашим российским флагом!
Пусть Государственный флаг Российской Федерации всегда остаётся символом мира, стабильности и процветания нашей страны. Пусть он всегда напоминает нам о нашей ответственности за будущее России.
Дорогие якутяне! В этот знаменательный день желаю всем вам мира, крепкого здоровья, неиссякаемой энергии, счастья! Успехов и благополучия вам и вашим близким!
Глава Республики Саха (Якутия) Айсен Николаев
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев Россия Судаарыстыбаннай былааҕын күнүнэн эҕэрдэлиир
Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини Россия Федерациятын Судаарыстыбаннай былааҕын күнүнэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!
Судаарыстыбаннай былаах – биһиги улуу дойдубут устуоруйатын, элбэх омуктаах норуотун култууратын, сүҥкэн ситиһиилэрин символларыттан биирдэстэрэ. Биһиги үс өҥнөөх былаахпыт Росcия норуоттарын сомоҕолоһууларын, модун кыахтарын, көҥүлгэ, тутулуга суох буолууга, сайдыыга дьулуһууларын туоһутунан буолар. Бу былааҕы күөрэччи тутан Россия норуота үгүс ахсааннаах албан ааттаах кыайыылары аҕалбыта.
Россия үс өҥнөөх былааҕа номнуо 30 тахса сыл Россия Федерациятын киэҥ нэлэмэн сирин-уотун үрдүнэн тэлээрэр. Устуоруйаҕа киирбит бу былаах РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин 1991 сыл атырдьах ыйын 22 күнүнээҕи уурааҕынан Россия Федерациятын Национальнай былааҕынан биллэриллибитэ, уопсай сыаннастарбыт уонна идеалларбыт тула барыбытын түмэн саҥа Россияны кэрэһилээбитэ. Бу бырааһынньык биһиги култуурабыт уонна устуоруйабыт үйэлээх баайын оннунан хаалларар, харыстыыр уонна ытыктыыр хайдахтаах курдук дьоһун суолталааҕын өссө төгүл бигэргэтэр.
Саха сирэ түөрт үйэ кэриҥэ Россия судаарыстыбатын сайдыытыгар дьоһун кылаатын киллэрэн кэллэ. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит дойду хотугулуу-илин өттүн туһаҕа таһаарыы уонна сайыннарыы киининэн, экэниэмикэни сайыннарыы бөҕө тирэҕинэн, дойдубут эрэллээх эркининэн буолар.
Бүгүн Саха сирин уолаттара Россия былааҕын күөрэччи тутан Украинаҕа буола турар анал байыаннай дьайыыга кытталлар. Биһиги үгүс биир дойдулаахпыт Аҕа дойду, эйэлээх олох көмүскэлигэр, кырдьыгы туруулаһааччылар кэккэлэригэр баҕа өттүлэринэн барбыттара. Бүгүн Россия былааҕын аннынан байыаннай дьайыы буола турар сиригэр сылдьар уолаттарбытынан, биһиги геройдарбытыгар, кинилэр дьиэ кэргэннэригэр көмөлөһөр, Кыайыыны уһансар хас биирдии киһинэн ис сүрэхпиттэн киэн туттабын!
Россия Федерациятын Судаарыстыбаннай былааҕа эйэлээх халлааны, дойдубут бигэ туруктаах, чэлгийэ сайдыбыт олоҕун кэрэһилии, Россия саргылаах сарсыҥҥытын туһугар эппитинэспитин мэлдьи саната туруохтун.
Күндү Саха сирин олохтоохторо! Бу бэлиэ күн эһиэхэ эйэлээх олоҕу, чэгиэн доруобуйаны, уҕараабат эрчими, дьолу соргуну баҕарабын! Эһиэхэ уонна эһиги чугас дьоҥҥутугар ситиһиини уонна этэҥҥэ буолууну!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев